ЭЛЛЭЙ БООТУР СЫДЬААНА ТОТОРБОТ БҮӨТҮР АҔАТЫН УУҺУТТАН ТӨРҮТТЭЭХ БҮӨТҮР УОЛА БҮӨТҮР МИКИИПЭРЭП

Аватар автора
The Savvinovs
2012 с. тахсыбыт "Лээги" кинигэтиттэн:"Лээги дьонноро төрөөн-үөскээн кэлбит историяларын ырытаары Г. В. Ксенофонтов, Г. У. Эргис, Д. И. Дьячковскай (Сэhэн Боло) үлэлэриттэн схема оҥоһуллубут XIV-XV үйэттэн : "Эллэй Боотур- Экин Абаҕан- Хара Тахтаах (Тахтар)- Босхоҥ Бэрдэнэрэй- Тойон Наахара- Улуу Хардьаҥ- Лээги- Кыырт Тыҥырах Ойуун- Лис-Лүс- Тоторбот Бүөтүр... XVI үйэ бүтүүтэ-XVII үйэ саҕ-та Амма өрүскэ Төгүлтэ үрэх төрдүн хочотугар утуу-субуу үс киһи кэлэн олохсуйбут. Бастаан Тоторбот диэн киһи билиҥҥи Мэҥэ-Хаҥалас Наахара нэһилиэгиттэн Лээги диэн төрүттээх аҕа ууһуттан тахсан олохсуйбут, 9 уол оҕоломмут. Тоторбот 9 уолугар топпокко, эбии өссө уолаттары ылан иитэр диэн кэпсээҥҥэ киирбитэ үһү". Бастакы уолуттан Моҕус Киргиэлэй бэһис уолун Тыаһыт бэһис уолун Хараарбах ыччаттара салҕанан барбыттар... Петр Петрович атырдьах ыйын 29 к. 1949 с. Амма улууһугар Эрэкээттэ үрэх төрдүгэр күн сирин көрбүтэ. Оҕо уонна эдэр сааһа кэрэ айылҕалаах, Өнтө хайаларын очуостарын кэрэ көстүүтүн көрөн, Амма өрүс ыраас уутун иҥэрэн, Өнньүөс с. ааспыта. Аҕата Никифоров Пётр Михайлович (Бүөтүччээн) , ийэтэ Никифорова (Софронова) Ольга Афанасьевна. 1968 с. Мэҥэ-Хаҥаластан төрүттээх, Афанасьева Акулина Петровналыын сүрэхтэрэ сөбүлэһэн эдэр ыал буолаллар. 1971 с. Акулина Петровна Өнньүөс балыыһатын сэбиэд-н үлэлии сылдьан, дойдутугар Павловскай с. көһөн киирэллэр. Тоторбот Бүөтүр Мэҥэ-Хаҥалас Наахара нэһилиэг-н Лээги диэн төрүттээх аҕа ууһуттан тахсан Аммаҕа олохсуйбут буоллаҕына, Пётр Петрович...

0/0


0/0

0/0

0/0