Контвар Сыроватскай 80 сааһыгар аналлаах "Ытыс тыастаах өрөгөй саас" тэрээһин (Майа сэл. 02.10.2025)

Аватар автора
Ходулов-KIIN
Майатааҕы Д.Ф.Ходулов аатынан народнай театр кырдьаҕас артыыһа Контвар Контварович Сыроватскай 80 сааһын Д.Ходулов аатынан Култуура киинин сыанатыгар “Ытыс тыастаах өрөгөй саас” тэрээһининэн бэлиэтээтилэр. Контвар Контварович 1969 сыллаахха Майаҕа кэлэн олохсуйуоҕуттан олоҕун устата – 56 сыл тухары народнай театрга биир да театральнай сезону көтүппэккэ артыыстаан кэллэ. 1969 сыллаахха кинин народнай театрга аан бастаан оччолорго режиссерунан үлэлии сылдьар Алексей Леонтьевич Попов ыҥырбыта, «Лоокуут уонна Ньургуһун» испиктээккэ Мөлчөс оруолун толорбута. Бу испиктээккэ сүбэһит быһыытынан ССРС народнай артыыһа Дмитрий Федорович Ходулов үлэлэспитэ, онон эдэркээн Контвар кини алгыһын, сүбэтин-аматын илдьэ сылдьар диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Контвар Контварович эдэр артыыстары кытта тэҥҥэ алтыһан, биир сыанаҕа оонньуу сылдьарын туохтааҕар да ордорор. Контвар Контварович үтүө суобастаах үлэһит, тапталлаах кэргэн, амарах аҕа, элэккэй эһээ буолар. Тапталлаах кэргэнинээн Татьяна Иннокентьевналыын 49 сыл иллээхтик олорон, 3 оҕолонон, билигин 10 сиэннээх, 8 хос сиэннээх. Контвар Контварович Сыроватскай Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа сэлиэнньэтин, I Тыыллыма, Хара, Догдоҥо нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, сыана бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн», «Саха сирин Ытык кырдьаҕаһа», «Үлэҕэ килбиэнин иһин» бэлиэлэр хаһаайыннара, сэрии сылын оҕото, «КПРФ иннигэр үтүө суобастаах үлэтин иһин» уордьан хаһаайына, «Майа сэлиэнньэтин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына.

0/0


0/0

0/0

0/0