Пётр Васильев - Со5отох Туруйа

Аватар автора
Professional Keyboard Proficiency
Соҕотох туруйа Алааһым үрдүнэн Эргийэн туруйа, Бэрт элбэх сирдэри Кэрийэн кэллэҕэ Бу тоҕо, бу манна Тохтоото туруйа, Туру-туук хаһыынан Сүрэҕи аймаата. Бу манна, алааска Иккиэйэх этилэр, Ырыаҕа дьоллоро Туойуллар да этэ. Бу бүгүн, бу манна Соҕотох көтөөхтүүр, Доҕоро охтубут Алааһын көрбөхтүүр. Оо, дьоннор, бу тоҕо Дьоллорун быстыгыт Таптаһар сүрэххэ Буулдьаны ыыттыгыт Истэҕиэт, туруйа Бүтэһик хаһыытын Тапталлаах доҕорун Сүтэрбит аһыытын

0/0


0/0

0/0

0/0